Быраабы араҥаччылыыр уорганнар үлэһиттэрэ суһал быһаарыныыларынан, сиэрдээх сыһыаннарынан, аймалҕаннаах хамсааһын тахсыаҕа уҕарытыллан, мустубут дьон тарҕаһалларын ситиспиттэрэ. Мустубут дьон хас да чаас тоһуттар тымныыга тура сатаан баран, сыыйа тарҕаспыттара. Ол эрээри сорох аһара барааччылары тутан полиция отделениетыгар илдьибиттэрэ.
Онуоха тута сарсыарда Ил Дархан Айсен Николаев, бар дьонугар киэҥ көҕүстээх буолалларыгар, күөртээһиҥҥэ киирэн биэрбэттэригэр ыҥырбыта. Оттон таджиктар Саха сиринээҕи сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Ходи Оев буруйдаах сокуон иннигэр толору эппиэттиэҕэ, биир киһи оҥорбут дьайыытынан бүтүн норуоту буруйдаамаҥ диэн көрдөспүтэ.
Бу түгэн өрөспүүбүлүкэҕэ норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыы кыһалҕата баарын, уустук социальнай боппуруос буоларын көрдөрдө. Холуобунай дьыаланы силиэстийэлээһин хаамыытын Арассыыйа Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, РФ юстициятын генерала Александр Бастрыкин бэйэтин тус хонтуруолугар ылла. Манан сибээстээн дойду үрдүнэн миграционнай сулууспа үлэтин күүһүрдэргэ, тастан киириини бэрээдэктииргэ сорудахтанна.
МИГРАЦИОННАЙ БАЛАҺЫАННЬА
ИДьМ Саха сиринээҕи салаата биһиги ыйытыкпытынан, 2023 сыл түмүгүнэн уонна 2024 с. тохсунньу ыйдааҕы өрөспүүбүлүкэ миграционнай балаһыанньатын туһунан иһитиннэрдэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар 2024 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 21992 омук граждана баара бэлиэтэммит, ол иһигэр 17415 кэлбит, 4577 киһи олорор сирдэринэн.
Ырытан көрдөххө саамай элбэх киһи Таджикистантан – 10186, Киргизияттан – 8463, Узбекистантан – 7078, Арменияттан – 1866, Казахстантан – 1474, Украинаттан – 99 кэлбит. 2023 сыл түмүгүнэн, Арассыыйа гражданствотын 1466 киһи ылбыт, олортон Таджикистантан – 707, Киргизияттан – 363, Арменияттан – 112, Казахстантан – 70, Узбекистантан –2, Белоруссияттан – 15, Туркменистантан – 1. Балар уопсай ахсааннарыттан 29% – тутууга, 11% – атыы-эргиэн эйгэтигэр, 11% – дьиэ хаһаайыстыбатынан, 9% – сир аннынааҕы баайы-дуолу хостооһунунан, 5% – гостиницаларынан уонна уопсастыбаннай аһылык комплексынан, 3% – административнай үлэнэн уонна араас өҥөнү оҥоруунан, 1% уоту оҥорон таһаарыынан дьарыктанар эбит.
Быйыл тохсунньу 30 күнүнээҕи туругунан, миграция салаатынан ис дьыала уорганнарынан 144 киһиэхэ административнай боротокуол оҥоһуллубут. 2023 сылга 5235 киһиэхэ Арассыыйаҕа сиригэр-уотугар сылдьыы быраабылатын кэһии иһин административнай боротокуол оҥоһуллубут. Ол түмүгэр ааспыт сылга 428 киһиэхэ административнай быһаарыы тахсыбыт, онон 18 киһини дойдуларыгар төттөрү ыытарга быһаарбыттар.
Ааспыт сылга ИДьМ Саха сиринээҕи салаатын Информационнай киинигэр омук дьоно буруйу оҥорууларын 170 түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Оттон бу отчуоттуур кэмҥэ 86 буруй оҥоһуллубут, олортон саамай элбэх буруй – докумуоннары сымыйанан оҥоруу чахчылара.
МИГРАННАРЫ БЭРЭБИЭРКЭЛЭЭҺИН КҮҮҺҮРЭР
2024 сыл тохсунньу 23 күнүгэр суһал-профилактическай тэрээһин кэмигэр саҥа кэлэр миграннар баар буолуох сирдэригэр 186 эбийиэккэ 735 омук дьоно бэлиэтэммит.
Оттон атын дойдуттан киирэн Арассыыйа гражданствотын ылбыт 22 киһиэхэ байаҥкамаакка учуокка туралларыгар бэбиэскэ туттарбыттар. Билиҥҥитэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр полиция суһал-профилактическай тэрээһини ыыта сылдьар. Саха Өрөспүүбүлүкэтин миграция сокуонун кэһии иһин «Иностранец» суһал тэрээһин ыытыллар.
Ол курдук полиция үлэһиттэрэ омук дойдуларыттан киирбит дьону бэрэбиэркэлиир эриэйдэлэргэ сырыттылар. Маннык бэрэбиэркэлээһиннэр Саха сирин бары улуустарыгар бардылар.
Дьокуускай куоракка миграция боппуруостарынан 135 тастан киирбит дону бэрэбиэркэлээтилэр. Оттон полиция отделыгар кимэ-туга биллибэт 45 омук киһитин уонна 5 Арассыыйа дьонун илдьибиттэр. Ол курдук, эриэйдэ түмүгүнэн 8 омук киһитэ булуллубут. Түөрт киһи Арассыыйаҕа сылдьыы эрэсиимин кэспит, 1 – көҥүлэ суох сылдьара, үс киһиэхэ Арассыыйаҕа киирэллэрэ тохтотор туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Сокуону кэһээччи 5 киһи административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт, 3 киһи утаарыллар туһунан иһитиннэрии туппут, 5 киһи байаҥкамаакка ыҥырыллыбыт.
НЭҺИЛИЭННЬЭ ИНТЭРИЭҺЭ КӨМҮСКЭНИЭХТЭЭХ
Арассыыйаҕа араас ааҕыынан 10 мөлүйүөн мигрант баар диэн дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этэн турар. Кини этэринэн, дойду төрүт олохтоох дьонун интэриэстэрин ахсарбат буолуу сатаммат, ол гынан баран, миграннарга эмиэ сөптөөх усулуобуйаны тэрийиэххэ наада. Арассыыйа ырыынага үлэһит илиигэ күүскэ наадыйар, ол гынан баран, былаас төрүт нэһилиэнньэтин интэриэһин эмиэ көмүскүөхтээх диэн РКБ быһа эпииргэ этэн турар.
Владимир Путин миграция боппуруоһунан дьарыктанар уонна кыһалҕа үөскээтэҕинэ тута быһаарар тустаах уорган наада диэн этэр. Бастатан туран, нэһилиэнньэ, Арассыыйа дьонун-сэргэтин интэриэһинэн салайтарыахха наада.
Суруйда Сайаана Львова, Саха сирэ саайт
This post was published on 12.02.2024 14:33 14:33