Саха сиригэр миграннарга аналлаах мобильнай сыһыарыы үлэлиэҕэ

Саха сиригэр тас сибээскэ уонна өрөспүүбүлүкэ ноуроттарын дьыалаларыгар министиэристибэ дойдуга суох мобильнай сыһыарыы оҥорор. Сүрүн сыала — региоҥҥа баар миграннарга көмө. Ол туһунан миниистир Гаврил Кириллин социальнай ситимнэргэ кэпсээтэ диэн, СИА суруйар.


“Быйыл тас дойдуттан кэлбит дьоҥҥо анаан мобильнай сыһыарыы оҥоробут. Сэттэ тылынан үлэлиир буолуоҕа. Саҥа дьаһал дойдуга бастык, Россияҕа маннык суох, кэлии дьоҥҥо туһалаах көмөлөһөөччү буолуоҕа”, – диэтэ Гаврил Кириллин.

Сыһыарыы кимиэхэ барытыгар тиийимтиэ, босхо, элбэх информациялаах буолара күүтүллэр. Саха сиригэр кэлбит миграннар региону билиилэригэр ананар — докумуону оҥорторуу, үлэҕэ киирии, уопсастыбаҕа сыһыан, медицина уонна үөрэх өҥөтүн, социальнай уонна браап өйөбүлүн ылыы.

Маны сэргэ сыһыарыынан атын анал саайтарга көһөрүү баар буолуоҕа. Холобур, миграционнай учуокка туруоруу, госпошлина төлөөһүнэ, авиабилэт ылыыта уонна да атыттар.

Өрөспүүбүлүкэ каартата оҥоһуллуоҕа, онно тэрилтэлэр тустарынан иһитиннэрии киллэриллиэҕэ, маны таһынан история, култуура, норуоттар үгэстэрэ суруллуоҕа, диэн иһитиннэрдэ туһааннаах пресс-сулууспа.

This post was published on 25.09.2020 10:01 10:01