Кини бэлиэтээбитинэн, 1 966 байыаннай сулууспалаахха көмө амбулаторияҕа оҥоһулунна, 736 — стационарга. Медицина реабилитациятын СВО 309 кыттыылааҕа ааста. Психотерапевтическай уонна психиатрическай көмө 607 кыттыылаахха оҥоһулунна.
Ааспыт сыл муус устарыттан Саха сиригэр СВО кыттыылаахтарыгар диспансеризация ыытыллар. Барыта 800 киһи ааста. Үлэ быйыл салҕанар.
Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Саха сирин быраастара саҥа территориялар эйэлээх олохтоохторугар медицина көмөтүн оҥоро бараллар. Бу үлэ Ил Дархан сорудаҕынан ыытыллар.
Докучаевскай куоракка билигин хирург, травматолог уонна реаниматолог үлэлии сылдьаллар. 2024 сыл муус устарга, от ыйыгар уонна алтынньыга офтальмологтар ДНР Кировскайыгар уонна Докучаевскайга үлэлээбиттэрэ.
This post was published on 14.01.2025 13:05 13:05