Оҕо көмүскэлин аан дойдутааҕы күнүгэр Дьокуускайга Медицина национальнай киинин Педиатрияҕа базатыгар сүрэх-тымыр хирургиятын отделениета аһылынна.
Саҥа отделениены үөрүүлээхтик аһыыга А.Н. Бакулев аатынан сүрэх-тымыр хирургиятын Научнай киинин саҥа төрөөбүт оҕолорго реконструктивнай отделениетын сэбиэдиссэйэ, медицинскэй наука доктора, профессор Алексей Ким ыалдьыттаата. Тэрээһиҥҥэ СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстабытын дьаһалтатын салайааччы Юрий Куприянов, СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) вице-спикерэ Ольга Балабкина, СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков кытыннылар.
Бу күн өссө оҕо анестезиологиятын-реанимациятын отделениетыгар саҥа күн сирин көрбүт уонна болдьоҕун иннинэ эрдэ төрөөбүт кырачааннарга 3 эбии куойка баар буолла.
Ону таһынан магнитнай-резонанскай томография саҥа кабинета аһылынна. Philips Ingenia 1.5 Т томограф хаачыстыбалааҕын сэргэ уруккутааҕар 30 бырыһыанынан элбэх ыарыһаҕы көрөр, метастаза саҥа үөскээн эрдэҕинэ ыарыыны быһаарар уратылаах. Урукку курдук, атын регионнарга баран уһулла сатыыр наада үөскүө суоҕа.
Онтон 10 куойкалаах саҥа отделениеҕа хаан эргиирин систиэмэтигэр патологиялаах кырачааннарга хаачыстыбалаах анал көмө оҥоһуллуоҕа.
«Саҥа төрөөбүт, сүрэхтэригэр пороктаах оҕолорго анал эпэрээссийэни оҥорор сулууспаланныгыт. Онон регион эрэ барыта кыайбат хардыытын оҥордугут», – диэн профессор Алексей Ким Медицина национальнай киинин үлэтин үрдүктүк сыаналаата.
Медицина национальнай киинин аныгы тэриллэринэн хааччыйыы Саха сиригэр доруобуйа харыстыбалын сайдыыта инникилээҕин, үрдүк технологиялаах медицина сылтан сыл аайы өрөспүүбүлүкэ бары олохтоохторугар табыгастааҕын туоһулуур.
Ол туһунан Юрий Куприянов: «Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр биһиги харахпыт далыгар тахсар уларыйыылары дьон бэйэтинэн билиэхтээх. Үчүгэй уларыйыылар тахсаллар – олох уһаата, оҕо өлүүтэ аҕыйаата. Бу барыта – судаарыстыба өйөбүлэ, ситиһиилээх бырайыактар түмүктэрэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ медицината иннин диэки барарыгар өссө биир улахан хардыы оҥоһулунна. Саха сирэ билигин оҕо өлүүтүн ахсаана аҕыйаҕынан Уһук Илин регионнарыгар бастакы миэстэҕэ сылдьар. Саха сирин быраастара кыра ыйааһыннаах оҕолору көрүүнү-истиини Арассыыйаҕа аан бастаан саҕалаабыттарынан киэн туттар бырааптаахтар. Итини саҥа күн сирин көрбүт оҕону эмтээһиҥҥэ бастакы дьаһаллар хайдах ыытыллыбыттарыттан оҕо тыыннаах хаалара тутулуктааҕын өйдөөн туран саҕалаабыттара», – диэн бэлиэтээн эттэ.
Ыалдьыттарга саҥа томограф кыахтарын билиһиннэрдилэр. СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков: «МРТ саҥа аппараата уонна кардиохирургия отделениета аһыллыыта өрөспүүбүлүкэ медицинатыгар технологическай тоҕо анньан киириини көрдөрөр. Урут сүрэх пороктаах саҥа төрөөбүт кырачааннар Рашкинд процедурата суох өлөр буоллахтарына, билигин биһиэхэ ити процедураны оҥорор кыах баар буолла», – диэтэ.
Медицина национальнай киинигэр эмтэнэн үчүгэй буолбут кырачааннар бүгүҥҥү бырааһынньык күндү ыалдьыттарынан буоллулар. Юрий Куприянов уон сыллааҕыта Перинатальнай кииҥҥэ эмтэнэн үтүөрбүт Аня диэн кыысчааҥҥа кини ыра санаатын -роликтаах хаҥкы уонна сибэкки бэлэхтээтэ.