Саха сирин предпринимателлэрэ коронавируһу кытта охсуһууга күүскэ үлэлииллэр. Тустаах миниистир Ирина Высоких социальнай ситимнэринэн быһа эфир кэмигэр эппитинэн, региоҥҥа харыстанар көстүүмнэри тигии уонна медицинскай пробиркалары оҥоруу саҕаланна, диэн суруйар СИА.
«Коронавируһу кытта охсуһууга ыытыллар үлэлэр тохтооботтор. Биһиги бастакынан медицинскай мааскалары оҥорууну саҕалаабыппыт. Биһиги этиибитигэр атын регионнар кыттыспыттара. Онон үлэни тохтоппоппут», — диэтэ Ирина Высоких.
Маасканы таһынан, Саха сиригэр, элбэхтэ кэтиллэр харыстанар көстүүмнэри тигии саҕаланна.
«Чинчийиини ааста. Биһирэннэ. Сууйуллар матырыйаалтан тигиллэр. Бастакы сакаасчыгынан Роспотребнадзор буолла. Маннык көстүүмнэринэн медицина үлэһиттэрин хааччыйыахпыт», — диэтэ миниистир.
«Билигин өссө пробирка оҥоруутун чинчийэ сылдьабыт. Олохтоох оҥорон таһаарааччы оҥоһуллар матырыйаалын поставкатын хааччыйда», — эттэ кини.