Саха сиригэр массыыналары гааһынан сапараапкалыыр ыстаансыйалары элбэтиэхтэрэ

Массыынаны гаас оттукка көһөрүү сэҥээриини ылар эрээри, маассабайдык көһүү бэлиэтэммэт. Маны туоратар сыалтан промышленность уонна геология министиэристибэтин промышленноска Департаменын салайааччытын солбуйааччы Андрей Портнягин оттук сапараапкатын элбэтэр наадатын этэр.


«Гааһынан оттук үчүгэй өрүтэ элбэх. Кини сыаната чэпчэки, экономичнай, айылҕаҕа буортута кыра. Билигин Арассыыйаҕа бу оттукка көһөрү биһирииллэр. Ол эрэн дьон хото көһөрүгэр сир-сир аайы оттук сапараапкалара баар буолуохтаахтар», — диир Андрей Портнягин.

Билиҥҥитэ дойдуга гаас оттугун ордук хото Татарстан өрөспүүбүлүкэтигэр тутталлар. Манна «Газпром» 22 сапараапкалыыр ыстаансыйата турар.

Эрдэ промышленность уонна геология министиэристибэтэ Саха сиригэр гаас оттугар көспүт массыына хаһаайыттарын 100% тырааныспар нолуогуттан босхолуур туһунан этиитин өйөөбүттэрин туһунан иһитиннэрэн турар.

Маны таһынан, Арассыыйа премьер-миниистирэ Михаил Мишустин бэнсиинтэн гааска көспүт эрэгийиэннэргэ субсидия кээмэйин үс төгүл, о.э. 25-тэн 75 мөл солк диэри үрдэтэр туһунан уураахха илии баттаабыт.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 8 гааһынан иитэр сапараапка (АГНКС), 23 (АГЗС) итиэннэ 23 көһө сылдьар АГЗС баар.

2030 сылга 30-тан тахса ыстаансыйаны арыйар сорук турар. Маныаха 21 АГНКС, 15 криогеннай, 8 көһө сылдьар сапараапка ыстаансыйаларын тутуу былааннанарын туһунан СИАҕа Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

This post was published on 20.10.2020 13:01 13:01