Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы крематорий тутуута түмүктэнэн эрэр. Эбийиэги быйыл ахсынньы бастакы аҥарыгар киллэрэр былааннаахтар. Эбийиэк сууккаҕа 10-ҥа тиийэ кремация оҥорор кыахтаах. Өҥө орто сыаната 30 тыһыынча солкуобай буолуоҕа, диэн СИА кэпсиир.
«Строй- Индустрия» бэдэрээттэһэр тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ Сергей Тарасов иһитиннэрбитинэн, эбийиэк тутуутун үлэтэ 90 %- на түмүктэммит. Отделочнай үлэлэр, вентиляционнай оборудование таҥыыта хаалбыттар. Ыраастыыр тутуулар көмөлөрүнэн, крематорий экологияҕа буортута суоҕун бэлиэтээтилэр.
«Бу күннэргэ кремационнай оборудованиены таҥар исписэлиистэр кэлиэхтээхтэр. Эбийиэги ресурснай ситимнэргэ технологическайдык холбоотулар. Ититиини ыыппыттара», — диэтэ кини.
Билигин үлэһиттэр икки сменанан үлэлииллэр. Саамай сыаналаах тэрил — оһох уонна ыраастыыр тутуулар. Ону балаҕан ыйын 30 күнүгэр аҕалан туруорбуттара.
This post was published on 20.10.2022 16:06 16:06