Саха сиригэр мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар ылыахтарын сөп

Хаартыска: ЯСИА саайта

Төлөбүр холбоммут суумата мөлүйүөнтэн тахса солкуобайы Саха сиригэр үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар ылыахтарын сөп. Манна федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы таһымнаах өйөбүл миэрэлэрэ киирэллэр. Ол туһунан салалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Төлөбүргэ киирэр «Дьиэ кэргэн» өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала үһүс оҕоҕо биэрэр 300 тыһ солк, «Үйэ оҕолоро» сыаллаах хапытаал 2022 — 2027 сылларга төрөөбүт оҕолорго — 110 тыһ солк, биир кэмнээх өйөбүл сир учаастагын оннугар — 200 тыһ солк уонна үһүс уонна онтон кэлэр оҕолорго федеральнайдааҕы төлөбүр — 450 тыһ солк ипотеканы сабыыга.

Бу миэрэлэри барытын холбоотоххо — мөлүйүөнтэн тахса солк суума тахсар.

Президент Владимир Путин 2024 сылы дойдуга дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ, оттон Саха сиригэр — оҕо аймах сыла.

This post was published on 18.06.2024 10:03 10:03