Саха сирэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка оҕо төрөөһүнүгэр лидер буолар. Кэлэр сылга өрөспүүбүлүкэҕэ мөлүйүөннээх кирбиигэ киирэр оҕо төрүүрэ былаананар. Ол туһунан пресс-конференцияҕа Айсен Николаев эттэ, суруйар СИА.
«Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ төрөөһүҥҥэ инники сылдьар. Хомойуох иһин, ахсааммытынан мөлүйүөннээх кирбиини ситиспэтибит, ити эрээри чугаспыт. Эһиил бу көрдөрүүнү ситиһиэхпит диэн эрэллээхпин», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Айсен Николаев эппитинэн, ааһан эрэр сыл — Ийэ сыла — ийэ буолууну өрөспүүбүлүкэҕэ үөһэ күөҥҥэ таһаарда. Ийэ ахсаана элбээтэ, кинилэри өйүүр дьаһаллар ыытылыннылар.