Саха сиригэр "Лыжня России" тэрээһиҥҥэ кыттыахтара

Хаартыска: ЯСИА саайта

Муус устар 6 күнүгэр Дьокуускайга «Лыжня России» сылын аайы ыытыллар дойду эстафетатын өрөспүүбүлүкэтээҕи старда бэриллиэҕэ.

Үгэскэ кубулуйбут тэрээһин сылын аайы түмэр дьоно элбээн иһэр. Икки дистанция баар буолуоҕа диэн, предпринимательство министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

«Лыжня России» Россияҕа эрэ буолбакка, Европаҕа кыттааччытын ахсаанынан саамай бөдөҥ старт буолар. Сылын аайы 500 тыһыынча киһи дойду 70 регионуттан хайыһарга турар.

Хайыһары сөбүлээн дьарыктанааччылар уонна профессионаллар кытталлар. 18 саастарын туола иликтэр быраас көҥүллээх буолаллара ирдэнэр.

Регистрацияланыы «Госуслуги» порталынан ыытыллар.

This post was published on 26.03.2024 10:35 10:35