Саха сиригэр үлэтэ суох киһи ахсаана аҕыйаата

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр үлэтэ суох киһи ахсаана аҕыйаата, көрдөрүү 5,6% буолла. Ол туһунан «Диалог с властью» биэриигэ дьарыктаах буолуу кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы э.т. Георгий Борисов эттэ.

«Саха сиригэр үлэтэ суох буолуу таһыма кыччаан иһэр. 2023 сыл 11 ыйын түмүгүнэн, көрдөрүү 5,6% тэҥ. Маны сэргэ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун уорганнарыгар үлэтэ суоҕунан регистрацияланааһын ахсаана аҕыйаата. 2023 сыл саҥатыгар 8 тыһ киһи буоллаҕына, сыл бүтүүтэ — 4 тыһ киһиэхэ тэҥ. Билигин үлэтэ суох дьон ахсаана аҕыйаан иһэр уонна 3700 киһи буолла», — диэтэ Борисов.

This post was published on 02.02.2024 16:01 16:01