Саха сиригэр үлэтэ суох киһи ахсаана аҕыйаата

Фото: Мария Васильева, ЯСИА

2023 сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр үлэтэ суох киһи ахсаана икки тыһыынча курдук аҕыйаата.

Уопсай үлэтэ суох буолуу таһыма 0,5% кыччаата уонна 5,8% буолла. Ол туһунан дьарыктаах буолуу кэмитиэтэ эттэ.

«Үлэтэ суох киһи ахсаана 1,7 тыһ аҕыйаата уонна 29,7 тыһ буолла. Бу сылга дьарыктаах буолуу сулууспаларын уоргаттарыгар регистрацияламмыт киһи ахсаана 81 аҕыйаата уонна 4941 киһи буолла. Үлэһиккэ наадыйыы улаатта. Бу көрдөрүү бүгүҥҥү туругунан 13 766 киһи», — туһааннаах тэрилтэ кэпсээтэ.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-snizilsya-uroven-bezrabotitsy-2/

This post was published on 15.06.2023 14:26 14:26