Саха сиригэр үлэтэ суох дьон ахсаана 20% үрдээбит

Саха сиригэр официальнайдык учуокка ылыллыбыт үлэтэ суох дьон ахсаана быһа холуйан 11,5 тыһ. киһи. Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 20% эбиллибит. Ити туһунан бүгүн өрөспүүбүлүкэтээҕи дьарыктаах буолуу киинин салайааччытын солбуйааччы Гаврил Харлампьев эттэ.


«Уопсай саба быраҕан көрдөххө, үлэтэ суох дьон ахсаана 36 тыһ. киһи. Дьарыктаах буолуу киинигэр итинтэн 11,5 тыһ. эрэ учуокка турар», — диир Харлампьев.

Кини этэринэн, 2015 сылга регистрацияламмыт үлэтэ суох киһи ахсаана 8,5 тыһыынча этэ.

This post was published on 21.04.2016 15:45 15:45