Үлэ сылыгар Ил Дархан Айсен Николаев «Үлэ киһитэ» бириэмийэни туттарар туһунан быһаарыы ылбыта. Харчынан наҕараада суумата биир киһиэхэ — 300 тыһ солк. Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык бэлиэни сылга 50 киһи тутуохтаах.
Быйылгы лауреаттарга бириэмийэни туттарыы муус устар 30 күнүгэр буолуоҕа.
Былырыын 300 үлэ кэлэктиибэ сайаапка ыыппыта. Наҕараадаламмыттар ортолоругар Саха сирин араас муннугуттан үлэ бастыҥнара, араас идэлээхтэр бааллар. Слесардар, уустар, токардар, машинистар, мас уустара, тыа хаһаайыстыбатын үлэһит дьоно уонна хайаны байытар эйгэ үлэһиттэрэ, педагогтар, медицина үлэһиттэрэ, тутааччылар, суол маастардара, социальнай уонна култуура эйгэтин үлэһиттэрэ – талааннаах, ситиһиилээх, үтүө суобастаах үлэһит дьон.
This post was published on 18.04.2024 14:01 14:01