Өрөспүүбүлүкэ баһылыга үлэ эйгэтигэр саҥа ыйаах таһаарда. Докумуоҥҥа этиллэринэн, үлэҕэ социальнай партнерство систиэмэтэ сайыннарыллыахтаах, судаарыстыбаннай былаас уонна олохтоох салайыныылар, профсоюзнай тэрилтэлэр уонна кинилэр холбоһуктара, үлэ биэрээччи уонна холбоһуктар, профсоюзнай хамсааһыннар бииргэ үлэлээһиннэрин таһаарыыта үрдүөхтээх, үлэһит бырааба уонна интэриэһэ көмүскэниэхтээх.
Бырабыыталыстыба уонна толоруулаах былаас өрөспүүбүлүкэ территориятыгар профсоюзтарга уонна кинилэр холбоһуктарыгар үлэлииллэригэр, социальнай суолталаах тэрээһиннэргэ кыттыыларыгар усулуобуйа тэриллиэхтээх.
Регион территориятыгар үлэ ыытар үлэни биэрээччилэр, кинилэр тэрийэр-быраап киэптэриттэн тутулуга суох, профсоюзтары уонна кинилэр холбоһуктарын кытта үлэни күүһүрдэллэригэр, ол иһигэр кэлэктиип дуогабардарын, сөбүлэҥнэрин, диэн ыйаахха этиллэр.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-izdan-ukaz-o-razvitii-sotsialnogo-partnerstva-v-sfere-truda/