«Сахафильм» национальнай киинэ хампаанньатын салайааччыта Алексей Егоров уу ресурсаларын ааҕыныстыбатын Лена бассейнын уу управлениетын кэлэктиибин кытта көрүстэ.
Кэпсэтии кэмигэр идея баар буолла — Өлүөнэ өрүс туһунан документальнай киинэ устуута.
«Бу толору масштабтаах бырайыак, «роуд-муви» динамичнай киэпкэ оҥоһуллара былааннанар. Биһиги көрсүһүүбүтүгэр наһаа үөрдүм. Бу документальнай киинэ уһуллуутугар сүбэ-ама, өйөбүл буоларгытыгар эрэнэбин» — диэн телеграм-ханаалыгар Алексей Егоров суруйда.
This post was published on 16.02.2024 14:35 14:35