2024 сылга «Ленские столбы» национальнай пааркаҕа 42,7 тыһыынчаттан тахса киһи сырытта, бу рекорд. Ол туһунан паарка дириэктэрэ Аркадий Семенов ТАСС-ка кэпсээтэ.
Өлүөнэ очуостарыгар туристарга кыһыҥҥы сезону олунньу ортото арыйар былааннаахтар. Саҥа эко-ыллык күүтэр, 2,5 км уһуннаах мас тэлгэтиилээх. Маны сэргэ күүлэйдиир уонна үөһэттэн көрөр зоналар кэҥээтилэр. Тоҕус сынньалаҥ былаһаакката үлэлиэҕэ.
Олунньу 1 күнүттэн «Ленские столбы» пааркаҕа киирии билиэт сыаната үрдүөҕэ. Туристско-рекреационнай зонаҕа сылдьыы биир киһиттэн 300 солк, оттон эко-ыллыкка хаамыан баҕалаахтар эбии 400 солк биир киһиттэн төлүүллэр.
This post was published on 30.01.2025 17:01 17:01