Өлүөнэ очуостарыгар туристарга кыһыҥҥы сезону олунньу ортото арыйар былааннаахтар. Саҥа эко-ыллык күүтэр, 2,5 км уһуннаах мас тэлгэтиилээх. Маны сэргэ күүлэйдиир уонна үөһэттэн көрөр зоналар кэҥээтилэр. Тоҕус сынньалаҥ былаһаакката үлэлиэҕэ.
Олунньу 1 күнүттэн «Ленские столбы» пааркаҕа киирии билиэт сыаната үрдүөҕэ. Туристско-рекреационнай зонаҕа сылдьыы биир киһиттэн 300 солк, оттон эко-ыллыкка хаамыан баҕалаахтар эбии 400 солк биир киһиттэн төлүүллэр.