Саха сиригэр кыстыгы туоруурга анаммыт уматык 85%-нын тириэртилэр

Навигация кэмигэр 530 туонна уматыгы тириэрдии былааннаммытыттан, бүгүҥҥү туругунан 85%-на тириэрдилиннэ. ОДьКх миниистирэ Вячеслав Емельянов эттэ, суруйар СИА.

«Алтынньы бүтүөр диэри навигация түмүктүүр түһүмэҕэ күүскэ барар. Былааннаммыт 530 тыһыынча туоннаттан 475-һэ тириэрдилиннэ, ити 85% тэҥ. Улуустарга 78% тигистэ. Саппаас миэстэлэргэ 100% баар», — диэтэ Вячеслав Емельянов.

Миниистир эппитинэн, суола-ииһэ куһаҕан нэһилиэнньэлээх пууннарга уматык тиийэн турар, кыһыҥҥы суол арыллыар диэри туттар иэн хааччылынна.

This post was published on 28.09.2022 13:28 13:28