Саха сиригэр кыра кыамталаах уу аалларыгар навигация сабылынна, СИА-ҕа ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
2022 сыл алтынньы 7 күнүттэн навигация Амма, Алдан, Мииринэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Ленскэй, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус-Майа, Хаҥалас уонна Чурапчы оройуоттарыгар, маны сэргэ Дьокуускай, Жатай территорияларыгар сабылынна.
Санатан эттэххэ, 2022 сыл балаҕан ыйын 25 күнүттэн навигация Үөһээ Халымаҕа, Дьааҥыга, Эдьигээҥҥэ, Муомаҕа, Өймөкөөҥҥө, Өлөөҥҥө, Орто Халымаҕа, Эбээн-Бытантайга, Абыйга, Аллайыахаҕа, Анаабырга, Аллара Халымаҕа, Усуйаанаҕа уонна Булуҥҥа тохтотуллубута.
Онон кыра кыамталаах уу аалларыгар сырыы-айан Саха сирин бары хайысхатынан сабылынна.
This post was published on 07.10.2022 15:33 15:33