Саха сиригэр "Кыайыы дьыктаанын" суруйуохтара

Балаҕан ыйын 3 күнүгэр Арассыыйа олохтоохторо Кыайыы 75 сылыгар анаммыт «Кыайыы дьыктаанын» суруйуохтара.


Дьокуускайга дьыктааны Национальнай бибилэтиэкэ дьиэтигэр суруйуохтара. Коронавирус дьаҥынан сибээстээн аахсыйаҕа кыттыан баҕалаахтар эрдэттэн 455-855 нүөмэргэ эрийэн биллэрэҕит. Тэрээһин харыстанар миэрэлэри тутуһан ыытыллыа.

Аахсыйа туһунан сиһилии диктантпобеды.рф эбэтэр Национальнай бибилэтиэкэ саайтыгар билсиэххэ сөп.

Диктант Победы 2020.pdf 0.17 Mb [Прямая ссылка]

This post was published on 28.08.2020 17:01 17:01