2024 сылга Саха сирин көмүһү хостуур тэрилтэлэрэ 100 сыллаах үбүлүөйдэрин бэлиэтииллэр. Үйэ историятыгар көмүһү хостооһун хас да төгүл улаатта уонна 2 100 туоннаны куоһарда, ол туһунан бырамыысыланнас министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйда.
Кыһыл көмүһү хостуур бырамыысыланнас Саха АССР индустриятын бастакы хараҥаччыта. Национальнай архыып дааннайынан, оччолорго өрөспүүбүлүкэ бюджета хайа үлэһиттэрин таһаарыылаах үлэлэринэн 80% оҥоһуллара. Сыллар ааспыттарын кэнниттэн кыһыл көмүс алмааһынан уонна чоҕунан ситэриллибитэ.
Билигин бырамыысыланнас Саха сирин ВПР-н 50% оҥорор, оттон бюджекка дохуоту кыһыл көмүс биэс лидер иһигэр киирэр уонна сылга ортотунан 20 млрд солк биэрэр.
Тэрилтэҕэ 15 тыһыынчаттан тахса киһи үлэлиир. Орто хамнас 165 тыһ солк.
Эрдэ үбүлүөйдээх тэрээһиннэр сылы эргиччи баралларын туһунан суруллубута.
This post was published on 19.07.2024 11:32 11:32