Саха сиригэр кыһыҥҥы суолунан 676 тыһыынча тонна таһаҕас тиэлиннэ

“Кыһыҥҥы масыына суолунан 676 тыһыынча тонна таһаҕас тиэлиннэ. Бу былаантан 105 быр. тэҥнэһэр уонна 2016-2017 сыллааҕар 70 тыһыынча тоннанан элбэх”, — диэн өрөспүүбүлүкэ Нэһилиэнньэтин олоҕун хааччыйыыга госкэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Зайцев Ил Түмэн бырабыыталыстыбаннай чааһыгар иһитиннэрдэ.

Юрий Зайцев этэринэн, Арктика уонна хотугу оройуоннрга 230,8 тонна таас чоҕу, 27 тыһыынча ньиэби, 36,5 тыһ. тонна ньиэп бородууктатын, 359 тыһ тонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын тиэрдибиттэр.

Зайцев билигин улуустар икки ардыларыгар тиэйии тохтообутун, улуус иһигэр тиэйэ сылдьалларын эттэ. Бу үлэҕэ миэстэҕэ ирдэбилгэ эппиэттиир массыына тиийбэтэ уонна дьоҕус таһаҕаһы тиэйэр массыына аҕыйаҕа харгыстаабыт.

Григорий Фоменко, СИА

This post was published on 25.04.2018 13:02 13:02