Саха сиригэр кыһыҥҥы суоллары эрдэлээн сабыы саҕаланыаҕа

Хаартыска: ЯСИА саайта

Сылаас күн-дьыл туруута Саха сиригэр кыһыҥҥы суоллары сабыы болдьоҕун уларытыан сөп. Урукку сылларга тэҥнээтэххэ, быйыл дьаһал эрдэлиир чинчилээх. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия, вперед!» биэриигэ эттэ.

Николаев эппитинэн, элбэх муус суолга мууһун халыҥа бу кэмнээҕи нуорматтан чараас. Аны тыал түһүүтэ болдьоҕун иннинэ саҕаланна. Буурҕа Усуйаанаҕа уонна Булуҥҥа күүскэ түстэ.

«Онон билигин таһаҕаһы тиэйиини эрдэлээн ыытарга болҕомто ууруллар, кыһыҥҥы суолунан барыта тиэллэрин ситиһиэхтээхпит», — диэтэ Айсен Николаев.

This post was published on 31.01.2025 11:02 11:02