Саха сиринээҕи айан суолларын управлениетыгар кыһыҥҥы суоллар арыллар барыллаан болдьохторун иһитиннэрдилэр.
Өлүөнэ өрүһүнэн Хатас — Павловскай хайысханан 3 туоннаҕа диэри техникаҕа ахсынньы иккис декадатыгар, Кангалас – Суотту – ахсынньы үһүс декадатыгар (5 туоннаҕа диэри).
Бэлиэтээбиттэринэн, болдьох уонна техника көҥүллэнэр уйуга муус халыҥыттан, халлаан туругуттан уларыйыан сөп.
Кыраапыгы манна киирэн билсиҥ: https://ysia.ru/stali-izvestny-primernye-daty-otkrytiya-avtozimnikov-v-yakutii/
This post was published on 22.10.2024 17:01 17:01