Куонкурус сыала-соруга — өрөспүүбүлүкэ улуустарын култуурунай уонна туристическай кыаҕын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы.
«Бу көҕүлээһин биһиги региоммутугар болҕомтону тардыыга, ону тэҥэ туризм сайдыытыгар уонна култуурунай нэһилиэстибэтин харыстыырга туһаайыллар», – диэн туризм уонна территориальнай маркетинг сайдыытын агентствотын генеральнай дириэктэрэ Спиридон Сивцев эттэ.
Кыттарга анаан:
- https://forms.yandex.ru/u/6715bf2c068ff0f35de0539d/ сигэнэн сайаапканы уонна видеоролигы ыытаҕыт.
- Сайаапканы «Дальний Восток — земля приключений» бүтүн Россиятааҕы куонкурус «Кыһыҥҥы айан» диэн анал аакка кыттарга путешественникдв.рф сайтка хааллараҕыт.
Гран-при кыайыылаах уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус финалистара сыаналаах бириистэргэ тиксиэхтэрэ. «Дальний Восток — земля приключений» бүтүн Россиятааҕы куонкурус сүрүн бирииһэ — 3 мөл.солк.
Сайаапкалары алтынньы 21 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри туталлар.
«Кыһыҥҥы айан» диэн куонкуруһу СӨ урбаанын, атыытын уонна туризмын министиэристибэтэ өйөбүлүнэн туризм уонна территориальнай маркетинг сайдыытын агентствота ыытар.
Куонкурус туһунан сиһилии бу сигэнэн киирэн ааҕыҥ.