Өр кэмнээх бобуу кэнниттэн балаҕан ыйын ортотуттан Саха сиригэр куобах булда көҥүллэннэ. Билиҥҥи кэмҥэ 8 тыһыынча кэриҥэ лизенция түҥэтилиннэ. Мантан аҥаарын курдугу Дьокуускайга ыллылар.
Тустаах үлэһиттэр уонна булчуттар этэллэринэн, билигин куобах өрүс арыыларыгар арыый ууһаабыт, Горнай уонна Таатта улуустарыгар балачча көстөр буолбут.
Билиҥҥи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ куобах ахсаана хас да сылтан бэттэх биир таһымҥа турар. Орох тэппит сирин суоллаан тустаах үлэһиттэр 300 тыһыынчаҕа тиийэ ааҕаллар. Курааҥҥа үөскүүр айылҕа оҕотун ахсаана 2007 сыллаахха 900 тыһыынчаҕа тиийэ элбии сылдьыбыттаах.
«2012 сыллаахха куобахтааһын бобуллан турбутун үрдүнэн, куобах ахсаанын үрдээһинэ тохтуу сылдьыбыта. Бары улуустарга ылыллыбыт боруоба быһаарбытынан, үгүс кыыл үөннээҕэ биллибитэ. Куобах доруобуйата айгырыы сылдьар кэмигэр, эбэтэр улахан тымныылар түстэхтэринэ, гельминтартан сылтаан өлөр. Айылҕа сүүмэрдээһинэ ааспытын кэннэ куобах ахсаана чөлүгэр түһүө», — диэн СӨ Экология министиэристибэтин булт хаһаайыстыбатын уонна ураты харыстанар сирдэрин департаменын сүрүн исписэлииһэ Владимир Решентников кэпсээтэ.
Булт сокуонугар сөп түбэһиннэрэн, чөрөгөр кулгаахтааҕы биирдиилээн уонна күрэтэн-үүрэн бултуохха сөп. Хоту улуустарга туһахтаан ылыахха сөп буоллаҕына, киин уонна илин эҥээр улуустарга оннук бобуллар. Оттон массыына уотунан тыктаран эккирэтэн бултаһыы ханна да көҥүллэммэт.
Источник: http://nvk-online.ru
This post was published on 08.10.2019 16:43 16:43