Саха сиригэр кулун тутар 7 күнүгэр халлаан туруга

Хаартыска: ЯСИА саайта

Чугастааҕы сууккаҕа, кулун тутар 7 күнүгэр, Саха сиригэр илин, соҕуруулуу-арҕаа, арҕаа, хотугулуу-арҕаа кыракый, сорох сирдэринэн орто хаар. Мииринэйгэ тыал, түүн Өлөөҥҥө, күнүс Ленскэйгэ, аллараа Өлүөнэҕэ 15-20 м/с диэри тэтимнээх, буурҕа. Ол туһунан УГМС иһитиннэрэр.

Салгын температурата түүн -34…-39 °С, хотугулуу-илин -40…-45 °С, илин -26…-31 °С, арҕаа -20…-25 °С, соҕуруулуу-арҕаа, арҕаа хаардыыр кэмигэр -12 … -17 °С.

Күнүс -13…-18 °С, илин -17…-22 °С, хотугулуу-илин -25…-30 °С, соҕуруу -9…-14 °С, соҕуруулуу-арҕаа хаардыыр кэмигэр -2 … -7 °С.

Дьокуускайга сөҥүү суох, тыал соҕуруулуу-илинтэн 1-5 м / с. түүн салгын температурата -33…-35 °С, күнүс -15…-17 °С.

This post was published on 06.03.2026 16:03 16:03