Бүгүн, кулун тутар 3 күнүгэр, Саха сиригэр кыракый хаар күүтүллэр. Хоту, Томпо, Өймөкөөн, Дьааҥы оройуоннарыгар сорох сирдэринэн орто хаар, күнүс Нерюнгри оройуонугар кыракый хаар түһүөҕэ. Ол туһунан УГМС иһитиннэрэр.
Тыал орто. Өймөкөөн оройуонугар миэстэлэринэн 9-14 м/с, кыраһалыыр; Булуҥ оройуонугар 15-19 м/с диэри, буурҕа.
Күнүс температура -20…-25°, соҕуруу -15…-20°, хотугулуу-арҕаа намыһах сирдэргэ -25…-30° тиийэр.
Дьокуускайга хаара суох, соҕуруулуу-арҕааттан тыаллаах 2-5 м /с. Күнүскү температура -22…-24°.
This post was published on 03.03.2026 08:01 08:01