Саха сиригэр кулун тутар 2 күнүгэр халлаан туруга

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиринээҕи УГМС көрдөрөрүнэн, кулун тутар 2 күнүгэр Уус-Маайа, Таатта, Чурапчы, Томпо улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр, сорох сирдэринэн күүстээх тыаллаах.

хаардыаҕа, илин сорох сиринэн орто, соҕуруулуу-илин, күнүс илин эҥэргэ сорох сиринэн күүстээх хаар түһүө. Тыал орто, соҕуруулуу-илин 9-14 м/с диэри тэтимнээх, кыраһалаах.

Салгын температурата күнүс арҕаа -15…-20°С, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин -25…-30°С, илин -10…-15°С, соҕуруулуу-илин -3…-8°с.

Дьокуускайга күнүс -18… -20 кыраадыс күүтүллэр. Сабаҕалааһынынан кыра хаардаах, соҕуруулуу-арҕаа тыал 2-5 м/с күүһүнэн үрүө.

This post was published on 02.03.2026 08:01 08:01