Саха сиригэр кулун тутар 27 — муус устар 2 күннэригэр куһаҕан дьаллыктан аккаастаныы нэдиэлэтэ биллэрилиннэ. Медицина уонна үөрэх тэрилтэлэригэр лекциялар, төгүрүк остуоллар, конференциялар уонна да атын дьаһаллар буолуохтара, табахтан уонна итирдэр утахтартан аккаастаныыга аналлаах. Бу дьаллыктар нэһилиэнньэ доруобуйатыгар улахан охсуулаахтар.
«Табах тардыыта онкология, сүрэх-тымыр ыарыылара киһи организмыгар сайдыыларыгар биир биричиинэнэн буолар. Алкоголь эмиэ киһи доруобуйатын ахсарытар. Сүрэх, тымыр, ноор, быар ыарыылара арыгыны иһиини кытта олус сибээстээх.
Нэдиэлэ устата медицина тэрилтэлэрэ сырдатыы-иһитиннэрии үлэтигэр күүскэ ылсыахтара», — уопсастыбаннай доруобуйа уонна медицина профилактикатын киинин кылаабынай бырааһа Алена Никитина эттэ.
Оскуолаларга эмиэ араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бастакы дьаһаллар буоллулар.
This post was published on 28.03.2023 14:01 14:01