Саха сирин уопсастыбанньыктарын бөлөҕө саха литературатын төрүттээччи, бэйиэт Алексей Кулаковскайга-Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт «Үс күт — үс сэргэ» диэн туристическай кластер бырайыагын оҥордо.
Көҕүлүүр бөлөх Чурапчыга тиийэн мунньахтаата, суруйар ЯСИА.
Чинчийээччилэр иһитиннэриилэринэн, Алексей Кулаковскай үс бэйэ бэйэлэриттэн тэйиччи сытар улууска сэргэ туруорбут: киин, арҕаа уонна илин.
Бастакы сэргэ 1904 сыллаахха Боотуруускай улууһун (билигин Чурапчы улууһун Арыылаах сэлиэнньэтэ) Эргэ Сурт сиригэр туруоруллубут. Сэргэни Николай Сыромятников кыыһа кэргэн тахсар үөрүүлээх күнүгэр туруорбуттар, бэйиэт онно бэйэтэ баара. Сэргэни таптал, эрэллээх буолуу уонна дьиэ кэргэн уйгулаах олоҕор анаабыттар.
Иккис сэргэ Аһыкайга Марха улууһун Сайылыгар туруоруллубут, билигин бу сир Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар киирсэр. 1905 сыллаахха улуус кулубата Семен Кривогорницын окко киирии бырааһынньыгын ыыппыт уонна Ыһыах ыспыт. Онно Кулаковскай кыттыыны ылбыт уонна үс сэргэни туруорбут.
Өссө үс сэргэ 1924 сыллаахха Өймөкөөн Томторугар буолбут ыһыахха туруоруллубут. Саха сирин автономиятын тэриллиитигэр анаммыт.
«Интэриэһинэйэ диэн, бу сэргэлэр турар сирдэрин холботолоон каартаҕа көрдөххө, тэҥ өрүттэрдээх үс муннук тахсан кэлэр. Бу чинчийээччилэргэ, учуонайдарга уонна историктарга улахан интэриэһи билигин даҕаны үөскэтэр. 2017 сыллаахха Кулаковскай сиэнэ Людмила Реасовна көҕүлээһининэн, улуустар ардыларынааҕы бырайыак оҥоһуллар уонна «Үс кут — үс сэргэ» бастакы этнокультурнай экспедиция сэргэлэр турар сирдэринэн ыытыллар», — диэн кэпсээтэ «Историческая память» федеральнайдааҕы партийнай бырайыак Саха сиригэр сүрүннээччитэ Саргылана Неустроева.