Саха сиригэр 2023-2027 сыллары саха литературатын төрүттээччи Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй 5 сылынан биллэрдилэр. Ыйаахха Ил Дархан Айсен Николаев илии баттаата. Ол туһунан тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистир Гаврил Кириллин улуу бөлүһүөк 145 сылыгар анаммыт симпозиумҥа эттэ, суруйар СИА.
Хаҥалас улууһун Хачыкаатыгар өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа муһунна. Чуолаан манна, Өлүөнэ эбэ биэрэгэр Алексей Кулаковскай олорбут уонна «Письмо якутской интеллигенции» айымньытын суруйбут сиригэр, научнай-практическай симпозиум буолла. Улуустартан уопсастыбаннас, былаас бэрэстэбиитэллэрэ улуу бөлүһүөк улахан нэһилиэстибэтин харыстыыр уонна киэҥ эйгэҕэ таһаарар боппуруостары дьүүллэстилэр.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев аатыттан симпозиум кыттыылаахтарын тас сибээскэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистир Гаврил Кириллин тыл эттэ.
«Өрөспүүбүлүкэ бастакы президенигэр Михаил Ефимович Николаевка, симпозиуму көҕүлээччилэргэ, кыттыылаахтарга махталбын тириэрдэбин. Алексей Кулаковскай Саха сирин сыаннаһа уонна киэн туттуута. Алексей Кулаковскай инники уларыйыылары дириҥник анааран көрбүтүн таһынан, дойдубут дьылҕатыгар быһаарар оруоллаах уларыйыылары айааччы буолар. Кини бөлүһүөк, бэйэтин кэмин эрэ буолбакка, кэскили анааран көрбүтэ. Сүүс сылы нөҥүөлээн, саха хас да көлүөнэ дьонун олоҕун уларытыыга быһаарыылары ылбыт киһинэн буолар. Алексей Елисеевич үбүлүөйдээх 145 сыла Саха сирэ Российскай Федерация састаабыгар киирбитэ 390 уонна Саха АССР 100 сылларын кытта сөп түбэһэр. Хачыкаат олохтоохторо саҥа «Путь Кулаковского» диэн туристическай маршрут арыллыытыгар пааматынньык бэлиэ туруорар былааннаахтарын хайгыыбын. Бу улуу киһини үйэтитиигэ, кини идеяларын, үлэтин, толкуйун тарҕатыыга сүдү күүс буолуоҕа», — диэн Ил Дархан тылларын минииистир мустубут дьоҥҥо тириэртэ.
Кулаковскай махталлаах ыччата кини туһунан өйдөбүлү үйэтитиигэ үлэ ыыталлар: 2002 сыллаахха Дьокуускайга Доҕордоһуу болуоссатыгар Алексей Елисеевич Кулаковскайга пааматынньык туруоруллубута, Таатта улууһун Дьохсоҕонугар оскуола кини аатын сүгэр, Дьокуускайга, Бүлүүгэ кини аатын уулуссалар сүгэллэр, 2019 сыллаахха болгарскай Плиска куоракка улуу суруйааччыга пааматынньык арыйбыттар, Дьокуускайга кини аатын норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ дьоһуннаахтык сүгэр.
Соторутааҕыта Саха сирин баһылыга «Путь Кулаковского» туристическай маршруту арыйыы уонна Кулаковскай күнүн биллэрии идеяларын өйөөбүтэ.
«Ыам ыйын 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыгын «О 150-летии со дня рождения А.Е. Кулаковского» ыйааҕа таҕыста. Докумуоҥҥа олоҕуран, өрөспүүбүлүкэҕэ 2023-2027 сыллары Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүүлээх Өлөксөй биэс сылынан биллэрилиннэ. Улуу киһи төрөөбүтэ 150 сылын бэлиэтиир бырааһынньыгы ыытыыга тэрийэр кэмитиэт тэрилиннэ», — диэтэ Гаврил Кириллин.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-obyavili-pyatiletie-alekseya-kulakovskogo/
This post was published on 27.05.2022 09:01 09:01