Саха сиригэр биир сыл иһигэр креативнай индустриянан дьарыктанааччы ахсаана 4,5% улаатта. Дааннайы тосхолу көҕүлээһиннэр Агентстволара иһитиннэрдэ.
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, регион баһылыга Айсен Николаев Russian Creative Awards национальнай бириэмийэҕэ анаммыт пресс-конференцияҕа бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр креативнай эйгэ 2023 сылга үрдүк таһымҥа тахсыбытын билиммиттэрэ.
«Ааспыт сыл Саха сирин креативнай сектора дойду креативнай индустриятыгар биир бастыҥынан биллибитин судаарыстыба таһымыгар билиммиттэрэ. Россия президенэ Владимир Путин тосхолу көҕүлээһиннэр Агентстволарыгар Саха сирин уопутун атын регионнарга тарҕатары, Саха сирин баазатыгар регионнааҕы стандарты оҥорууну сорудахтаабыта», — диэтэ Айсен Николаев.
Санаттахха, бүгүн Саха сирин креативнай индустриятыгар 45 тыһ киһи үлэлиир. 2035 сылга бу сыыппара — 88 тыһ буолара күүтүллэр.
This post was published on 28.11.2023 14:33 14:33