Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын түргэнник ситэр салаатыгар болҕомто ууруллар. Дьиэ кэргэн экономикатын бөҕөргөтүүгэ анаммыт дьаһал буолар. Бастакы президент Михаил Ефимович Николаев саҕаттан баар. Билигин бырабыыталыстыба уурааҕын тыа сирин олохтоохторо күүтэллэр. Докумуон нэһилиэктэргэ сибиинньэни, кууруссаны уонна кини аһын тириэрдиигэ айанын толуйуу буолар.
Биирдиилээн дьон козаны, индюгу, куруолугу ииттэллэр. Маны сэргэ араас экзотическай көтөрү иитии муода курдук буолла. Страус ииттиэн баҕалаах элбэх.
Бу күннэргэ Мархаҕа бара сылдьан, коза үүтүн ыллым. Амтанынан ийэ үүтүгэр майгынныыр. Көрүҥэ да атылыы курдук. Оҕобун үс сааһыгар диэри эмтэрбит буолан билэбин.
Эмтээх дииллэр. Ордук искэ-үөскэ, харахха, диатезка. Саҥа ыаммыт үүт бактерициднай суолталааҕын эппиттэр. Киһи организмыгар олус туһалаах биологическай активнай веществолаах диэн суруйаллар. Оннук ынах үүтүгэр суох эбит.
Бу соторутааҕыта Россияҕа козаны уонна барааны иитэр племенной хаһаайыстыбалар быыстапкалара буолла. Тыа хаһаайыстыбатын бу салаатын сайыннарыыга 24 регион субсидиялааһыҥҥа программа көмүскээбит. Экспортка тахсар салаа, дохуоту киллэрэр хайысха биир көрүҥэ диэн быһаарбыттар. Онон РФ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ козаны уонна барааны иитиигэ дьүүллэһии-мунньах ыытта. Манна биир сүрүн боппуруоһунан дьиэ кыылларыттан бастакы оҥорон таһаарыыны ыытыыга аналлаах эбийиэктэри тутуу уонна модернизациялааһын буолла.
This post was published on 27.05.2021 13:58 13:58