Саха сиригэр коронавируһунан сибээстээн балаһыанньа уустук. 282 киһи сыстыганнаах дьаҥҥа сутулунна. Бүтэһик сууккаҕа 19 ыарыһах эбилиннэ, ол иһигэр 17-тэ Дьокуускайга. СИА суруйар.
Биирдии ыалдьыбыт киһи Ленскэйгэ уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһугар бэлиэтэннэ. Сутуллуу вахтовай бөһүөлэк оробуочайдарын кытта сибээстээх.
Дьокуускайга саамай ыарыыны тарҕатааччынан харах балыыһата буолар. Ыалдьааччы ахсаана 50-тан тахса киһи буолла. Алтыспыт дьону булааһын бара турар, оччотугар ахсаан улаатар чинчилээх.
Сууккаҕа 2500-тан тахса тест оҥоһуллар.
Ленскэйгэ лаборатория үлэтин саҕалаата. Чайыҥдаҕа ыалдьыбыттары билиигэ көмөлөһөр сыаллаах. Онно барыта 39 бигэргэммит коронавирустаах дьон баар. Газпром анаалыстары иккиһин ылыыны ыытар. Доруобай үлэһиттэри вахтовай бөһүөлэктэн таһаарыы саҕаланна. Чайыҥда Россия бырабыыталыстыбатын уонна Саха сирин суһал штабын хонтуруолугар тутуллар.
This post was published on 03.05.2020 16:39 16:39