Кэлиҥҥи икки нэдиэлэ устата, Саха сиригэр хамсык ыарыы тарҕанар тэтимэ биллэ аччаата. Бу туһунан Айсен Николаев улуус баһылыктара кыттыылаах, оперштаб мунньаҕар биллэрдэ. Мунньах түмүгүнэн, вакцинация үлэтин күүһүрдэр, QR-код ирдэнэр сирин кэҥэтэр, уонна дьоҥҥо быһаарар үлэни салгыыр туһунан этиилэр киирбиттэрин, бырабыытылыстыба пресс-сулууспата ЯСИА-ҕа иһитиннэрдэ.
“Өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымыгар ылыллыбыт миэрэлэр сөптөөх буоланнар, хамсык ыарыы көрдөрүүтэ кэлиҥҥи икки нэдиэлэни ылан көрдөххө, биллэ намтаата. Өскөтүн, эрдэ ыалдьыбыт дьон ахсаана 11-15% диэри эбиллэн иһэр буоллаҕына, локдаун кэннэ бу көрдөрүү 1,5% тэҥнэстэ. Ааспыт нэдиэлэҕэ ыалдьааһын 0,5% диэри аччаата. Ол эрээри, төһө да көрдөрүү этэҥҥэтин иһин, син биир билигин даҕаны куттал баар”, — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Дьокуускай куорат, Өлүөхүмэ, Өймөкөөн, Мэҥэ-Хаҥалас, Ньурба, Нам уонна Хаҥалас улуустарын хамсык ыарыыга көрдөрүүлэрэ соччото суох.
Ыараханнык ыалдьыбыт дьонтон 37 киһи ИВЛ аппараат нөҥүө тыына сытар, бэлиэтээн эттэххэ, улуус бары мэдиссиинэтин тэрилтэлэрэ ИВЛ аппараатынан хааччыллыбыттар. Ыарахан эпидемиологическай быһыыттан-майгыттан тахсарбыт, билигин даҕаны, вакцинацияны төһө элбэх киһи ааһарыттан тутулуктаах.
Онони вакцина туруорары түргэтэтиэхтэрэ, QR-код ирдэнэр сирин элбэтиэхтэрэ уонна аҕам саастаах дьоҥҥо быһаарар үлэни күүһүрдүөхтэрэ диэн Өрөспүүбүлүкэ опершатаба быһаарда.
This post was published on 15.11.2021 15:03 15:03