Саха сиригэр коронавируһу утары охсуһууга ЯТЭК 50 мөл солк биэрдэ

«ЯТЭК» хампаанньа Саха сиригэр 50 мөл солк коронавирустан көмүскэнэр сириэстибэ уонна эбии медицинскэй тэрил ылыыга анаан биэрдэ. Бу туһунан Айсен Николаев брифинг кэмигэр эттэ.


«ЯТЭК хампаанньа 50 мөл солк дезинфекциялыыр сириэстибэлэри, медицинскэй мааскалары, наада буоллаҕына эбии прибордары ылыы боппуруостарын быһаарыыга анаан өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар ыытта», — диэтэ Ил Дархан.

This post was published on 20.03.2020 13:25 13:25