Саха сиригэр коронавируһу кытта охсуһууга 2 млрд тахса солк көрүлүннэ

Үп министиэристибэтин дааннайынан, өрөспүүбүлүкэҕэ COVID-19 сыстыганнаах ыарыыны кытта охсуһууга 2 млрд тахса солк ананна, СИА суруйар.


Бэс ыйын саҕаланыыта федеральнайдааҕы уонна регионнааҕы бюджеттартан 2,092 млрд солк коронавируһу утары охсуһууга ананна, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэттэн — 688,2 мөл солк.

Үбүлээһин доруобуйа харыстабылын систиэмэтин тупсарыыга, куойкалары арыйыыыга, медицина үлэһиттэригэр уонна хонуктаах социальнай тэрилтэлэр персоналларыгар эбии төлөбүрдэргэ, 65-тэн үөһэ саастаахтары өйөөһүҥҥэ тыырылылнна.

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын быһаарыытынан, регион саппаас пуондатыттан үп бэрилиннэ. Барыта 652,2 мөл солк көрүллүбүтүттэн, 98,4 мөл солк дьоҕус уонна орто бизнеһи өйөөһүҥҥэ тыырылынна. Маны сэргэ бюджет ассигнованиетыттан дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ сибээс өҥөтүгэр, электроннай өҥөлөргө, «Стопкоронавирус» портал арыйыыга, коронавируһунан мониторинг ыытыыга, пропуск систиэмэтин киллэриигэ, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри дезинфекциялааһыҥҥа ыытылынна.

СИА-ҕа доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, ыарыһахтарга анаан 1523 куойка миэстэ тэриллибит, ол иһигэр 220 миэстэ «кислород» тардыллыылаах, 177 реанимационнай ИВЛ аппараат холбонуулаах. Ыарыы хайдах киирбитинэн көрөн биир киһини эмтээһиҥҥэ ортотунан 420 тыһ.солк. туттуллар. Билигин коронавируһу кытта охсуһууга 2551 медициа үлэһитэ ылсар.

Бэлиэтиир эбит буоллахха, бүтэһик нэдиэлэҕэ ыалдьааччы ахсаана 17 бырыһыан түстэ. Бу туһунан брифинг кэмигэр кылаабынай санитарнай быраас Маргарита Игнатьева иһитиннэрдэ.

This post was published on 04.06.2020 18:01 18:01