Саха сиригэр коронавируһу 389 киһиэхэ бигэргэттилэр

Саха сиригэр сууккаҕа 389 саҥа коронавирус түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, диэн оптуорунньукка өрөспүүбүлүкэ оперштаба иһитиннэрдэ. Урут хамсык ыарыыны 320 киһиэхэ бэлиэтээбиттэрэ.

Ыалдьыбыт дьон үксэ Дьокуускайга — 292 киһи;

Оройуоннарга: Мэҥэ- Хаҥаласка, Хаҥаласка – 13-түү;

Мииринэйгэ – 11;

Үөһээ Бүлүүгэ – 7;

Бүлүү, Ленскэй, Нам, Сунтаар, Уус-Алдан улуустарыгар — 5-тии;

Таатта, Томпо оройуоннарыгар -4-түү;

Алдан, Амма, Нерюнгри оройуоннарыгар – 3- түү;;

Горнай, Ньурба, Чурапчы улуустарыгар -2-лии;

Эдьигээн, Муома, Өймөкөөн, Өлүөхүмэ, Өлөөн оройуоннарыгар -биирдии.

Сууккаҕа өрөспүүбүлүкэлэ лабораториялара коронавируснай инфекцияҕа 1918 чинчийиини ыыттылар. Пандемия саҕаланыаҕыттан барыта 2 453 186 тест оҥоһуллубут.

This post was published on 16.08.2022 12:03 12:03