Ил Түмэн бэһис уочараттаах мунньаҕар олунньу 28 күнүгэр норуот депутаттара хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар родовой уонна родоплеменной көс общиналарын туһунан сокуон барылын иккис ааҕыыга көрдүлэр уонна ылыннылар.
КМНС боппуруостарыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева эппитинэн, сокуон барыла «Об общих принципах организации общин коренных малочисленных народов Севера, Сибири и Дальнего Востока Российской Федерации» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэриигэ сыалланан ылыллыбыт.
Норуот депутата этэринэн, общинаҕа киирии уонна тахсыы бэрээдэк уонна усулуобуйа баар буолуохтаах.
This post was published on 29.02.2024 10:28 10:28