Саха сиригэр киин ититиигэ 1200-тэн тахса социальнай эбийиэги уонна олорор дьиэни холбуохтара

Саха сиригэр быйыл киин ититиигэ 1200- тэн тахса социальнай эбийиэги уонна олорор дьиэни холбуохтара. «СӨ ОДьКХ » ГУП 82 социальнай суолталаах эбийиэги уонна 1092 чааһынай олорор дьиэни ититиигэ холбуоҕа, диэн тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Өрөспүүбүлүкэ Арктика уонна киин оройуоннарын 65 нэһилиэгэр 70- тан км тахса погоннай итии ситимэ тутуллара бэлиэтэнэр. Билигин 69 эбийиэккэ хапытаанай тутуут монтажтыыр үлэлэрэ ыытыллаллар, онно 13,5 км инженернэй ситим уурулунна.

Бырагырааманы олоххо киллэрии саҕаланыаҕыттан, олорор дьиэлэргэ барыта 32 км ситими туттулар, онно 180 олорор дьиэ холбонуохтаах, 484 дьиэҕэ тутар-монтажтыыр дьаһаллар бара тураллар.

This post was published on 15.09.2023 17:53 17:53