26 Муус устар 26.04
  • -2°
  • $ 92,13
  • 98,71

Саха сиригэр күөх луугу хомуйуу саҕаланна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирин олохтоохторо хайыы- үйэ күөх лууктуу тахсан эрэллэр, уонна социальнай ситимнэргэ хаартыскаларын үллэстэллэр диэн, СИА кэпсиир.

Бэс ыйын саҕаланыыта — лууктуурга саамай үчүгэй кэм. Дьокуускай чугаһыгар күөх хонууга, Тулагы уонна Хатас нэһлиэктэригэр үргүүллэр. Ол эрээри, арыыга тахсан үргүүр ордук.

Саха сирин сиригэр-уотугар барыта тоҕус көрүҥ үүнэр. Кини минньигэс эрэ буолбатах, өссө туһалаах. Луук састаабыгар С, Е, К, битэмииннэр бааллар, иммунитеты күүһүрдэллэр, тирии көрүҥүн тупсараллар, баттах хойдоругар түргэнник уһууругар көмөлөһөллөр, маныаха луук састаабыгар элбэх минеральнай веществолар баллар, олор ортолоругар кальций, магний, цинк, железо, сера, фтор уонна фосфор.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА