Санкционнай баттааһын усулуобуйатыгар, Саха сирин бырабыыталыстыбата олохтоох IT-хампаанньалары өйүүргэ, чуолаан үлэ миэстэтин оннунан хаалларар сыаллаах 300 мөл. солк. уурда. Маны таһынан «Саха сирэ» венчурнай хампаанньа бу сыалга бэйэтин үбүн аныырга быһаарда. Үп- харчы өттүнэн өйөбүлү ылан сөптөөх хампаанньалар критерийдэрин туһунан генеральнай дириэктэр Василий Ефимов иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Бүгүн, кулун тутар 18 күнүгэр, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай-экономическай туругун оннунан хаалларар туһунан мунньах ыытта. Ил Дархан тас санкционнай баттааһын усулуобуйатыгар бары национальнай бырайыактары толорон, экономическай үүнүү тэтимин оннунан хаалларарга сорудахтаата.
Эрдэ этиллибитинэн, IT-хампаанньалары үп-харчы өттүнэн өйүүр туһугар «Саха сирэ» венчурнай хампаанньа устааптаах хапытаалын улаатыннарыы көрүллүбүтэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 300 мөл. солк. итэҕэһэ суох инвестиция көрүллүөҕэ, кинилэр аныгыскы бүддьүөтү көннөрүүгэ көрүллүөхтэрэ. Маны таһынан «Якутия» венчурнай хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Василий Ефимов иһитиннэрбитинэн, хампаанньа дириэктэрдэрин Сэбиэтин быһаарыытынан IT-хампаанньалары өйүүргэ бэйэтин тус үбүн- харчытын ыытыаҕа.
This post was published on 18.03.2022 18:35 18:35