Саха сиригэр "Инникигэ хардыы" наука кэмпириэнсийэтэ саҕаланна. 1600 оҕо бырайыак көмүскүүр

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускайга академик В.П. Ларионов аатынан 29 өрөспүүбүлүкэтээҕи «Шаг в будущее — Инникигэ хардыы» оҕолор чинчийэр үлэлэригэр анаммыт научнай-практическай
кэмпириэнсийэ саҕаланна. 1600-тэн тахса оҕо бырайыагын көмүскүүр.

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА

«Кэмпириэнсийэ бэйэтин историятыгар Саха сирин тыһыынчаттан тахса оҕо ситиһиитигэр суолун арыйан биэрдэ. Бастакы президент Михаил Ефимович Николаев саҕалаабыт кэмпириэнсийэтэ саҥа технологияларга уонна бырайыактарга сүрүн платформаҕа кубулуйда. Мин бүгүн кэмпириэнсийэ кыттыылаахтарын кытта кэпсэттим, бырайыактарын билистим. Научнай чинчийиилэр, интэриэһинэй инновационнай оҥорон таһаарыылар сөхтөрдүлэр. Сылын аайы эдэр чинчийээччи оҕо элбии турара үөрдэр. Ити аата «Инникигэ хардыы» тиэмпэтин күүһүрдэр, наука эйгэтигэр уонна технологияҕа оҕолору уһуйар, ол аата — Саха сиригэр киһи хапытаалын сайдыытыгар усулуобуйа тэрийэр», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев.

Регион баһылыга эдэр чинчийээччилэргэ ситиһиини, саҥа билэ-көрө сатыырга дьулуурдарын сүтэрбэттэригэр, дьоҥҥо, ийэ дойдуга туһаны аҕалалларыгар, сыалларын ситиһэллэригэр баҕа санаатын эттэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА

Кэмпириэнсийэҕэ 1610 оҕо кыттар, 5 — 11 кылаас үөрэнээччилэрэ. 44 секция үлэлиир, наука араас хайысхаларын хабар. Эксперт сэбиэтигэр 344 учуонай, преподаватель, аспирант уонна магистрант үлэлиир, кинилэр бырайыактары сыаналыахтара.

Кыайыылаахтар уонна призердар Россия таһымнаах кэмпириэнсийэлэргэ кыттарга туоһу сурук тутуохтара.

Кэмпириэнсийэ кэмигэр «Юниор» куонкурус буолар, 5 – 7 кылаас үөрэнээччилэригэр. Академик, РНА член-корреспондена Никита Соломонов сырдык аатыгар ананар.

This post was published on 09.01.2025 18:05 18:05