Бэҕэһээ өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх кыбартыыралаах икки дьиэ умайда.
Сарсыарда 4 чаас саҕана Ньурба куоратыгра Донской уулуссатыгар икки кыбартыыралаах олорор дьиэ умайда. Баһаар түмүгэр дьиэ истиэнэтэ уонна үрдэ уокка сиэннэ. Ол эрээри олорор дьиэни быыһаатылар.
14:27 Мирнэйгэ Ойуунускай уулуссатыгар икки этээстээх дьиэҕэ уот турбутун туһунан иһитиннэрии киирдэ. Ити түмүгэр этээстэр икки ардыларынааҕы бүрүөһүнү уот салаата. Буруйдааҕы көрдүүллэр, хоромньуну быһаараллар.
This post was published on 28.03.2018 11:00 11:00