Саха сиригэр икки ойуур баһаарын умуруордулар

Хаартыска: Андрей Сорокин/ЯСИА

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр Бүлүү уонна Уус Алдан улуустарыгар уот барбыт 1 га уопсай иэннээх 2 ойуур баһаарын умуруордулар. Бу туһунан СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев брифиҥҥэ иһитиннэрдэ, диэн НВК Саха ТГ-ханаала суруйар.

«От ыйын 10 күнүнээҕи сарсыардааҥҥы туругунан, Мииринэй улууһугар 1,7 га иэннээх 1 ойуур баһаара баар. Билиҥҥи бириэмэҕэ баһаары төгүрүйдүлэр. Умуруоруу үлэтигэр ааспыт сууккаҕа уопсайа 60 киһи уонна 10 тиэхиньикэ кытынна», — диэн Коноплёв эттэ.

This post was published on 10.07.2025 14:16 14:16