Саха сиригэр икки муус суолга техника уйугун кыччаттылар

Хаартыска: ЯСИА саайта

Саха сиригэр муус суолга техника уйугун кыччатыыны саҕалаатылар. Кулун тутар 25 күнүттэн Алдан оройуонугар Алдан эбэҕэ А-360 – Угино хайысханан муус суол 60 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах техникаҕа көҥүл, Аллараа Кураанах – Угоян хайысханан 15 туоннаҕа диэри, иһитиннэрэр ЫБММ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ баар 48 муус суол аһаҕас.

Муус устар 15 күнүттэн муус суоллар уонна кыһыҥҥы суоллар киин улуустарга  сабыллаллар.

Арктика уонна хотугу улуустарга муус устар 25 күнүттэн айан тохтуур.

Болдьох муус халыҥыттан уонна халлаан туругуттан көрөн уларыйыан сөп.

This post was published on 26.03.2025 11:05 11:05