Төһө да санкцияларынан уустук балаһыанньа буоллар, Саха сирин дьахталларын көҕүлээһиннэрэ былаас уоргаттарынан өйөнүөхтээх. Ийэ уонна оҕо туруктаах буолуутугар эбии миллиард кэриҥэ үп көрүлүннэ. Ол туһунан Айсен Николаев «Якутия 24» уонна «Саха» НКИХ ханаалларыгар «Якутия, вперед!» биэриигэ эттэ, суруйар СИА.
«Ийэ сылыгар, төһө да ыарахаттар баалларын үрдүнэн, ийэни уонна оҕону өйөөһүн күүһүрүөхтээх. Эбии миэрэлэри ылыыга миллиард кэриҥэ харчы көрүлүннэ. Бу бюджекка баар. Үлэ саҕаланна», — диэтэ Айсен Николаев.
Баһылык эппитинэн, үбүлээһин «Үйэ оҕото» хапытаалга, биэс уонна онтон элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ, оҕону иитэ ылар дьиэ кэргэн босуобуйатыгар, уопсастыбаннай тэриллиилэргэ уонна да атыҥҥа тыырыллар.
«Ийэлэри кытта көрсүһүүлэргэ мин кинилэр этиилэрин истэбин. Ол иһигэр тэрээһин боппуруостарыгар. Өрөспүүбүлүкэ былааһа, санкцияларынан ыарахаттар баалларын үрдүнэн, ийэ буолуу уонна оҕо саас саамай улахан өйөбүлү ыларыгар кыһаллыахтаах», — диэтэ кини.