Саха сирин оройуоннарыгар ийэлэр тустарынан ырыалары маассабай толорууга флешмобисаҕаланна. Акцияны өрөспүүбүлүкэ нэһилиэктэригэр уонна куораттарыгар өйөөтүлэр.
Флешмобу Муома улууһа саҕалаата, оройуон олохтоохтоохторо ийэ туһунан ырыалары толордулар.
Флешмоб кыттыылаахтара Тихон Черемкин-Толомон тылларыгар уонна Степан Васильев муусукатыгар «Ийэҕэ махтал» уонна Юрий Энтин тылларыгар уонна Буржоа Жерара муусукатыгар «Мама-первое слово» диэн ырыалары толордулар.
Жатайга бу акцияҕа 80-ча киһи кытынна, «Мама-первое слово» ырыаны «Маяк» култуура дьиэтин сыанатыгар толордулар.
Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгэр «Ийэҕэ махтал» ырыаны «Радуга» уһуйаан иитээччилэрэ ыллаатылар.
This post was published on 03.06.2022 14:01 14:01